Аҕам саастаах дьон күнэ
- 07/10/2026
- 20
- нет
Убаастабыллаах Любовь Алексеевна!
Эһигини култуура сылынан уонна Аҕам саастаах дьон күннэринэн ис сүрэхтэн
итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Эһиги уопуккут, үлэҕит, үтүө сүбэҕит биһиэхэ үүнэр-сайдар кэскилбитин оҥорор.
Өр сыллаах сыралаах үлэҕитигэр, төрөөбүт дойдубут сайдыытыгар киллэрбит сүҥкэн кылааккытыгар дириҥник махтанабыт!
Баҕарабыт күн-дьыл өксүөнүн билиммэккэ, ыалдьар-кырдьар диэни аахсыбакка, эдэрдии эрчимнэнэн, чугас дьонуҥ сылаас тапталынан кынаттанан мэлдьи
үөрэ-көтө сырыт! Ийэлии иһирэх, эдьиийдии амарах сыһыаныҥ иһин хоолдьуктах бэйэбит
хоҥкуйан, сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран, баһыыба
бастыҥын, махтал маанытын этэбит!
#c14_aan_aartyk





Комментарий читателей статьи "Аҕам саастаах дьон күнэ"