Убаастабыллаах Любовь Алексеевна, Николай Семенович!
- 07/10/2026
- 22
- нет
Эһигини култуура сылынан уонна Аҕам саастаах дьон күннэринэн ис сүрэхтэн
итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Эһиги уопуккут, үлэҕит, үтүө сүбэҕит биһиэхэ үүнэр-сайдар кэскилбитин оҥорор.
Өр сыллаах сыралаах үлэҕитигэр, төрөөбүт дойдубут сайдыытыгар киллэрбит сүҥкэн кылааккытыгар дириҥник махтанабыт!
Баҕарабыт күн-дьыл өксүөнүн билиммэккэ, ыалдьар-кырдьар диэни аахсыбакка, эдэрдии эрчимнэнэн, чугас дьонуҥ сылаас тапталынан кынаттанан мэлдьи
үөрэ-көтө сырыт! Ийэлии иһирэх, эдьиийдии амарах сыһыаныҥ иһин хоолдьуктах бэйэбит
хоҥкуйан, сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран, баһыыба
бастыҥын, махтал маанытын этэбит!











Комментарий читателей статьи "Убаастабыллаах Любовь Алексеевна, Николай Семенович!"