Төлкөбүт төрдө-Малдьаҕардар
- 08/04/2023
- 292
- нет
Хаҥалас Малдьаҕарыттан төрүттээхтэр l өрөспүбүлүкээнскэй форума Хаҥалас улууһа, Улахан Аан нэһилиэгэр “Ытык Малдьаҕар” өрөспүүбүлүкэтээҕи Ханалас улууһун администрациятын, култуура5а уонна духуобунаска салаатын, Улахан Аан олохтоох дьаһалтата уонна култуура киинэ, өрөспүбүлүкэтээ5и ‘Ытык Малдьаҕар» общественнай түмсүү тэрийэннэр
үрдүк таһымнаахпыт буолан ааста.
Форум сыала – соруга:
- Малдьаҕар дьоно, эдэр ыччата бэйэтин төрүт дойдутун өрүү өйдүү-саныы сылдьарыгар
- Чөл олох, сомоҕолоһуу, дьону түмүү, сырдыкка-ырааска, кэрэҕэ сирдээһин.
- Өбүгэ билиитин утумнааһын буолар.
Алгыс сиэрин-туомун ыытта алгысчыппыт Ачыат.
Хаҥалас Малдьаҕардарыттан төрүттээхтэр I-кы форумнарын салайан ыытта норуодунай суруйааччы, Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Павел Николаевич Харитонов-Ойуку. Мунньахпытын Хаҥалас улууһун Аҕа баһылыга Олег Валериевич Иринеев үөрүүлээхтик арыйда.
«Ытык Малдьаҕар” өрөспүүбүлүкэтээҕи общественнай түмсүү салайааччыта, общественник, Ньурба Малдьаҕарыттан төрүттээх Любомир Николаевич Михайлов салгыы мунньаҕы саҕалаата.
Хаҥалас улууһун Малдьаҕар нэһилиэктэрин : Булгунняхтах, Улахан-Аан, Горнай улууһун Орто Сурт нэһилиэкиэрин, Ньурба Малдьаҕар нэһилиэгин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Баатара нэһилиэктэрин, Өлүөхүмэ Yҥкүр нэһилиэгин, Орто Халыма улууһун Алеко Күөл уонна Эбээх нэһилиэктэрин делегацияларын эҕэрдэлэрэ, этиилэрэ олус оруннаах буолла. Ыраахтан кэлбит ыалдьыттарынан буоллулар:
-Томскай Афанасий Афанасьевич — Орто Халыма оройуонун Өлөөкө Күөл нэһилиэгин баһылыга (2 Хаҥалас); - Слепцова Лилия Сергеевна, Ньурба улууһун Малдьаҕар нэһилиэгин культура киинин салайааччыта;
- Гуляев Юрий Алексеевич – Орто Халыма оройуонун Эбээх нэһилиэгин баһылыга (2 Хаҥалас), СӨ үөрэҕин туйгуна;
- Попов Николай Петрович, Баатара, Мэҥэ Хаҥалас улууһа — Хотугулуу илиҥҥи федеральнай университет Математика уонна информатика институтун лаборатория сэбиэдиссэйэ, инженер-физик, сахалартан сэрии кэмигэр аан бастакынан Советскай союһун геройа буолбут Федор Попов сыдьаана, Малдьаҕар аҕатын ууһун уонна Баатараттан Аҕа дойду сэриитигэр барбыттары чинчийээччи;
- Слепцова Екатерина Петровна – “Улуу Көһүү. Ынахтаах Хотун – Таралыйар удьуордара – Орто Халыма улууһун 1 Хаҥалас нэһилиэгин олохтоохторо”. — РСФСР үөрэҕириитин туйгуна,СӨ үөрэхтээһиҥҥэ үтүөлээх үлэһитэ,Учууталлар Учууталлара, “Методист Якутии”, Комсомол, Профсоюз мэтээллэрдээх, Дьокуускай, Республика, Орто Халыма юбилейдарын знактара бэлиэлэрдээх, Республиканскай «Үтүө дьыала — ХХ1 үйэҕэ»кладын иһин мэтээл хаһаайката, СӨ бочуоттаах ветерана,Орто Халыма улууһун,1Хаҥалас нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. РФ,СӨ журналистарын Союһун чилиэнэ, Үөрэхтээһиҥҥэ уонна генеалогияҕа 10 тахса кинигэ автора,таҥан таһаарааччыта.
- Габышев Владимир Алексеевич – судаарыстыбаннай сулууспа бэтэрээнэ, СӨ спортивнай туризмҥа оҕолорго тренер. Владимир Алексеевич бүгүн Үҥкүр н., Өлүөхүмэ оройуонун делегациятын салайан аҕалла, бу делегацияҕа бааллар СӨ биллэр дьоно – Черепанова Альбина Прокопьевна, СӨ Общественнай Палататын чилиэнэ,СӨ дьахталлар союзтарын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, геолого-минералогическай билимин кандидата, Дьокуускайдааҕы фондовай центр генеральнай директора.
Форум кыттыылаахтара Максимов А.С.этиитин сэргээбиттэрин этиннилэр, Орто Халыма Эбээх нэһилиэгин олохтооҕо Бубякин К.К. Улахан-Ааннар курдук сөпкө дьаһанан хаһаайыстыбаларын атын улуустарга курдук эспэтэхтэрин эттэ.
Делегациялар аҕалбыт быыстапкаларын көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр. Покровскай куоракка олорор Эбээхтэн төрүттээх косторез-мастер Метельских А.Н. уруһуйдара болҕомтону тарта. Слецова Екатерина Петровна Алеко күөлтэн аҕалбыт олус сэдэх экспонаты аҕалан көрдөрдүлэр. 1860 сылга оҥоһуллубут, Ксенофонтов В.Н.куруттан өссө эрдэ оҥоһуулаах буолан соһутта. Салгыы Ытык Малдьаҕар олохсуйан олорбут Тойон Арыытыгар тахсан сүөһү-сылгы ииттэр чааһынай фермерскай хаһаайыстыба үлэтин кытары билсистилэр, «Дьөһөгөй оҕото», «Айыы -Уолун Александр Самсонов» тумэлгэ сырыттылар. Кыттыгас эҕэрдэ кэнсиэрэ буолла, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһүү уонна оһуохай. Ону таһынан күндү ыалдьыттарбыт түөлбэ аһынан күндүлээтилэр, санаа атастаһыытынан форуму түмүктээтилэр. Кэлбит, ыалдьыттаабыт биир дойдулаахтарбытыгар махтанабыт!
Комментарий читателей статьи "Төлкөбүт төрдө-Малдьаҕардар"