«РЕСПУБЛИКА ТЭБЭР СҮРЭҔЭР УЛАХАН ААН КҮНЭ»
- 12/04/2018
- 158
- нет
Улуу Өлүөнэ эбэлээх, ытык хайа эһэлээх, халчаҕай үрдүк мыраан аҕалаах, мэҥэ халлаан ийэлээх, Таҥара уола кылыйбыт ытык сир убайдаах, эргэ-саҥа дьиэлэрдээх, үтүө үлэһит дьоннордоох, ыллыыр-туойар ыччаттардаах төрөөбүт-үөскээбит Улахан Ааммыт күнэ Сахабыт сирин тэбэр сүрэҕэр, дьоллоох Дьокуускай куоракка, «Сэргэлээх уоттара» культура киинигэр үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Бөртөлөр тоҕус көстөн торҕо буруобутун унаардан, аныгы олох хардыытынан, тэтиммитин ыһыктыбакка, үлэлээн-хамсаан, айан-тутан, сөптөөхтүк дьаһанан, сыалбытын-сорукпутун олоххо киллэрэн, эйэ-дэмнээхтик олорорбутун, сайдыы-үүнүү туһугар иннибит диэки киэҥ хардыылары оҥорорбут туһунан аҕа баһылыкпыт Олег Валерьевич Иринеев киирии тылынан, Бөртөттөн төрүттээх, мустубут биир дойдулаахтарбытыгар кэпсээн дьоро киэһэбитин арыйда. Дьоммут-сэргэбит дойдуларын ахтыбыттара өтө көстөн, киэҥ-куоҥ саала иһигэр сылаас салгын илгийбиккэ дылы буолла.
Нэһилиэк дьоно -сэргэтэ, тэрилтэлэр үлэһиттэрэ астаан-үөллээн бэлэмнээбит «Бөртө быйаҥнаах бэлэҕэ» акцияҕа кыттан, устудьуон оҕолорбутугар ас арааһа түҥэтилиннэ. Кэлбит ыалдьыттар «Бөртө» сылгы заводун продукциятын хамаҕатык атыылаһан, дьиэлэригэр илии тутуурдаах, өттүк харалаах төннөн үөрдүлэр-көттүлэр. Талааннаах дьоммут үлэлэринэн, оҥоһуктарынан выставка тэрилиннэ. «Кэрэтиэн мин дойдум!» нэһилиэк уус-уран самодеятельноһын концера көхтөөх дьон күүһүнэн туруорулунна. Саала иһэ биир кэм ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. Бииртэн-биир, киһи хараҕын үөрдэр, сэргэх, сонун номердар утуу-субуу тахсан истилэр. Бу концертка республикаҕа биллэр-көстөр ааттаах суоллаах дьоммут, эрэнэ кэтэһэр эдэр талааннарбыт күүс-көмө буолан, кыттыыны ыллылар. Ол курдук СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Г.Г. Фёдорова, «Айархаан» этнобөлөх солиһа Нария Ренанто, СР культуратын туйгуннара Л.В. Харитонова, Р.М. Григорьева, кэскиллээх ырыаһыттарбыт Роман Данилов-Саргылаан, Алёна Абрамова, Настя Никифорова.
Түмүккэ ыраахтан-чугастан кэлбит биир дойдулаахтарбытын кытта өйдөбүнньүк хаартыскаҕа уһулуннубут. Дойду мүөттээх ахтылҕанын салгынын иҥэринэн, бары үөрэн-көтөн, дуоһуйа сынньанан, сирэйдэриттэн мичээр түспэккэ тарҕастылар. Оттон сылгы куттаах улахан ааннар, кэлэр сылга тугу тэрийэбит диэн саҥа идеялары толкуйдуу, искэ саныы-саныы массыыналарбытыгар олорон, төрөөбүт дойдубут диэки айанныы турдубут. Бөртөлөр өрүү хайа үрдүгэр!
Комментарий читателей статьи "«РЕСПУБЛИКА ТЭБЭР СҮРЭҔЭР УЛАХАН ААН КҮНЭ»"