Режим работы:
  • Пн-Вт: с 09:00 до 17:00
  • Сб: с 10:00 до 17:00
  • Воскресенье Выходной

Муниципальное учреждение культуры

Центр культуры «Аан-Аартык»

им.С.А.Григорьева

Меню навигации

Оцените нашу работу

Сканируйте QR-код или пройдите по ссылке

https://bus.gov.ru/info-card/252139

Бэҕэһээ биһиги дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕолорго үйэ-саас тухары умнуллубат чаҕылхай түгэн үүннэ

Үтүө күнүнэн! 🌈☀️✨🌿🌸

Бэҕэһээ биһиги дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕолорго үйэ-саас тухары умнуллубат чаҕылхай түгэн үүннэ 🌟💫✨

Айыы Уолун сырдык аатын үйэтитэр кэскиллээх тэрээһиҥҥэ кыттыбыппытыттан астынан, сүргэбит көтөҕүллэн кэллэ 🤩👏🏼👍🏼

«Эгди» киинин аатыттан оҕобутунаан Сайааналыын эҕэрдэлээн, ыллаан-туойан, дьиэ кэргэммит аатыттан сквер тутуутугар диэн кыра көмө харчы туттарбыппытыттан, үтүө тэрээһиҥҥэ кыттыспыппытыттан олус үөрдүбүт-көттүбүт, астынныбыт-дуоһуйдубут 🥰

Абрамов Эльдар эмиэ ис сүрэҕиттэн үөрэн-көтөн, бэйэтэ баҕаран туран, хомуска оонньоон, хомус дьүрүскэн тыаһын бэлэхтээн, эһэтин биир дойдулаахтарын, ыалдьыттары сүрдээҕин долгутта, үөртэ, манньытта 😍🥰👍🏼👏🏼

Маны тэҥэ кэлбит ыалдьыттары, нэһилиэк олохтоохторун кытта бииргэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга кыттыһан, сквер иһигэр МАС олортубут 🌿🌳☘️ олордубут маспыт үүнэ-чэчирии туруохтун диэн испитигэр алҕаатыбыт 😇🥰🙏🏼

Тэрээһин кэннэ нэһилиэк кулуубугар күндү ыалдьыттарга анаммыт маанылаах остуолга ыҥырыллан тото-хана, минньигэстик аһаабыппыт 😋😋😋 наһаа да астык этэ 😍🥰👍🏼👏🏼

Ол кэннэ Максимова Парасковия Ионовна салалтатынан, кини кэрэхсэбиллээх кэпсээнин истэ-истэ Улахан Аан кэрэ көстүүлээх сирдэрин уонна нэһилиэк түмэлин сэргии көрдүбүт-иһиттибит, сөхтүбүт-махтайдыбыт, хаартыскаҕа дэлэччи түстүбүт 😍🥰👍🏼

Айыы Уолун күн күбэй ийэтин Марфа Иннокентьевнаны кытта билсэн, сэһэргэһэн, дьиэтигэр ыалдьыттаан, оҕотун Айыы Уолун айымньылаах олоҕун кэрчиктэрин кэрэһэлиир ис хоһоонноон оҥорбут түмэлин көрөн, сэргээн, кэрэхсээн, минньигэс аһынан толору хотойбут бырааһынньык остуолугар мааныланан-күндүлэнэн, хас биирдиибит өссө илии тутуурдаах, алгыс тыллаах бэлэхтээх 🎁🎁🎁 ытыс үрдүгэр сылдьан, киһи тэҥэ суох сананан, харыс үрдээн кэллибит 🤩😍🥰

Тэрээһини ыыппыт, тэрийсибит, сүүрбүт-көппүт, Улахан Аан олохтоохторугар, Марфа Иннокентьевнаҕа сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран, барҕа махталбытын тиэрдэбит, МАХТАЛ, ТАПТАЛ тылларын аныыбыт 😍😍😍🥰🥰🥰🙌🏼❤️❤️❤️💖💖💖💞💞💞

Күндү бар дьоммутун Дьоллоох Дьокуускай куоракка саха дьонун кутун туппут, сырдык ыралаах, үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйар ылбаҕай ырыалардаах Айыы Уолун сырдык аатын үйэтитэр сквер тутуутугар күүс-көмө буолуҥ, үтүө дьыалаҕа кыттыһыҥ диэн барыгытын ыҥырабыт!
😍🙏🏼🙌🏼🌈☀️✨🌿🌸🕊️🕊️🕊️
Көмөлөһүөн баҕалаахтарга Самсонова Марфа Иннокентьевна аатыгар мобильнай банк нүөмэрэ: 89143005924 📲

🌿🌿🌿🌸🌸🌸🌿🌿🌿

Хаҥалас улууһун өссө биир алыптаах миэстэтин — Улахан Аан нэһилиэгин тумнубакка, скверга, түмэллэргэ, кэрэхсэбиллээх сирдэригэр сылдьыҥ, көрүҥ-истиҥ, дуоһуйа сынньаныҥ, сүргэҕитин көтөҕүҥ диэн сүбэлиибит! 🙌🏼😉

Бары үтүөнү, махталы кытта Павловтар дьиэ кэргэн.
Дьокуускай к.
Бэс ыйын 11 күнэ, 2023 с.

Комментарий читателей статьи "Бэҕэһээ биһиги дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕолорго үйэ-саас тухары умнуллубат чаҕылхай түгэн үүннэ"

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *