Биһиги нэһилиэкпитигэр театр сылын арыйыы буолла
- 01/04/2019
- 112
- нет
Кулун тутар 27 күнүгэр биһиги нэһилиэкпитигэр театр сылын арыйыы буолла. Сахалартан бастакы идэтийбит режиссёр, САССР үтүөлээх артыыһа Спиридон Алексеевич Григорьев төрөөбүт-үөскээбит дойдута Улахан Аан буолар. Ол иһин буолуо, улуустааҕы улахан тэрээһини кини сүдү аатын сүгэр Улахан Ааннааҕы «Аан Аартык» култуура киинигэр бэрт сэргэхтик уонна үрдүк таһымнаахтык улуус култуураҕа салалтата тэрийэн ыытта. Ону сэргэ быйылгы сылга уус-уран самодеятельность улуустааҕы фестивала театр сылыгар анаммытын, нэһилиэктэр икки ардыгар «Театральный калейдоскоп» фестиваль түмүгүнэн наҕараадалааһыҥҥа, ыраахтан-чугастан култуура үлэһиттэрэ тоҕуоруһа муһуннулар. Маннык күҥҥэ дьону түмпүччэ улуус култуураҕа салалтата Хатастааҕы народнай театры ыалдьыттата ыҥырбыта хайҕаллаах. Олохтоохтор, култуура үлэһиттэрэ сыралаах-сындалҕаннаах үлэлэриттэн сынньана түһэн, олохтоохтук олорон, «Ватсап барахсан» диэн Миитэрэй Наумов суруйбут комедиятын, Евдокия Семёнова туруорбут испэктээҕин көрөн дуоһуйдубут. Театр диэн искусство биир ыарахан көрүҥэ буоларын, онно артыыстар сценаҕа араастык оонньоон, айымньыны тыыннааҕымсытан көрөөччүгэ көрдөрүүлэрин хайа бэйэлээх сүрэҕэр-быарыгар ылыммат буолуой? Биир бэйэм, көрөөччү быһыытынан, «Ватсап барахсан» комедиянан туруоруллубут испэктээҕи сэргээтим. Олохпутугар интернет сабыдыала үчүгэй да мөкү да өрүттээҕин бэрт арылхайдык оонньоон көрдөрдүлэр. Хайа да ыалга баар көстүү. Күннээҕи олоххо, биллэн турар, социальнай ситимтэн араас сонуннары билэ-көрө, истэ олорор үчүгэй бөҕө. Ыксаллаах быһыыга-майгыга да биллэрэ охсорго туһалаах буолан үөрдэр. Билигин интернетэ суох үлэ да үлэлэммэт курдук буолла. Оттон олохпут сайдыыта буоллаҕа. Сороҕор алдьатыылаах буолара баар суол. Холобура, ити комедияҕа көрдөрүллүбүтүн курдук, интернет ситимигэр олорбут кэрэ аҥар аһын хаахтытан, күөһүн куоттаран, бүтүн дьиэ кэргэн киэһэ аһыыр аһа суох хаалар, ол түмүгэр, дьиэ харабыллара — ыттар — онтон аһаан мөтөйө уойаллар. Олохтон хаалынньаҥ хаһаайка, деревяшка телефонноох, ватсапка олорбот дьиэ хаһаайкатын ытыгар ас амтаннааҕа хаалбат. Олоххо үчүгэй куһаҕаннааҕын, куһаҕан үчүгэйдээҕин бу испэктээххэ көрдөрдүлэр. Артыыстар ыттар олохторун бэрт итэҕэтиилээхтик оонньоотулар. Хас биирдии ыт характерын, майгытын-сигилитин туттан-хаптан, хамсанан куоластарын уларытан саҥаран образтарын көрөөччүгэ бэрт чэпчэкитик тириэртилэр. Режиссёр ити туруорбут испэктээҕинэн көрөөччүгэ тугу этиэн, тириэрдиэн баҕарбытын ситистэ дии саныыбын. Көрөөччү ылынна. Зал толору көрөөччүлээх этэ. Аныгы туруорууну ылынан, биһирээн, зал иһигэр биир кэм ытыс тыаһа хабылла олордо.
АЙНА ОЛЕСОВА, «Кыымчаан» уһуйаан эбии үөрэхтээһинин педагога.
Комментарий читателей статьи "Биһиги нэһилиэкпитигэр театр сылын арыйыы буолла"