«Дууһабытынан эдэрбит» сынньалан киэһээннэн декада түмүктэннэ.
- 07/10/2023
- 82
- нет
Нэһилиэкпит дьонун-сэргэтин Аан дойдутааҕы Аҕам саастаах дьон декадаларын түмүктээн «Дууһабытынан эдэрбит» сынньалан киэһээннэн декада түмүктэннэ. Юбилейдаах ытык саастаах дьоммутун олохтоох дьаһалта аҕа баһылык солбуйааччыта С. Ю. Голокова махтал сурук туттарда. «Иис-уус абылана» быыстапка түмүгэ таҕыста. Быыстапка абылаҥар кыттыбыт дьоммутугар махтал сурук уонна өйдөбүнньүк бэлэх Аан-Аартык к.к. аатыттан Р.А. Черемкина туттартаата. Биэчэрбитигэр бэйэтин ылбахай ырыатын бэлэхтээбит, биһиги сыанабыт ветерана, мелодистка Зоя Афанасьевна Тимофееваҕа улахан махталбытын биллэрэбит. Махтанабыт маастар кылааһы ыыппыт талааннаах дьоммутугар, ол курдук Кононова В.И.; Семёнова А.П.; Пудова А.С.; Архипова У.Н., махтанабыт туругу тупсарыыга дьарыктаабыт Т. Т. Лукинаҕа уонна жен.совет түмсүүгэ.
Күһүн курдук баай буолуҥ!
Күһүн курдук холку буолуҥ!
Күһүн курдук кэрэ буолуҥ!
Күһүн курдук дэлэй буолуҥ!
Дьоллоох буолун ытык дьоммут!
Комментарий читателей статьи "«Дууһабытынан эдэрбит» сынньалан киэһээннэн декада түмүктэннэ."