Көмүс дорҕоон вокальнай бөлөх
- 08/08/2024
- 51
- нет
Биир сомоҕо күүс буолан ырыа кэһиилээх Көмүс дорҕоон вокальнай бөлөх үтүө үлэһит дьоммутун, үрүҥ илгэни үрүйэлии сүүрдээччи, хотон муҥунан кыстыыр, хороҕор муостааҕы аһатар тыабыт хаһаайыстыбатын төһүү, хорсун хоодуот үлэһиттэрбитигэр Уу-Көхсүгэр, Мондурах алааска уонна Куоһаҕас алааска агитбригада эҕэрдэ кэнстэринэн сылдьан кэллибит!
Кыргыттарбар барҕа махтал. Итии чэйинэн күндүлээбит Лукиннар дьиэ кэргэҥҥэ махтал. Ульяна Степановнаҕа уонна Егор Валерьевичка, Женя Черемкиҥҥа махтал. Наһаа үчүгэйдик сылдьан, дьоммутун-сэргэбитин кытта кэпсэтэн. Балыаһа үлэһиттэрэ тахсан привывка оҥорон, аптека үлэһитэ тахсан эмп атыылаата. Кыттыыны ылбыт дьоммутугар Аан-Аартык аатыттан махтал, баһыыба!
Комментарий читателей статьи "Көмүс дорҕоон вокальнай бөлөх"