«Көмүс дорҕоон» вокальнай бөлөх куруһуога тэриллибитэ 10 сылыгар аналлаах ырыа дьоро киэһэтигэр ыҥырабыт!
- 26/11/2022
- 68
- нет
Ылбаҕай ырыабыт Эһиэхэ тиийиэхтин, Олохпут чаҕылхай Сулуһа буолуохтун.
Күндү биир дойдулаахтарбыт, «Көмүс дорҕоон» вокальнай бөлөх ырыаларын долгунугар уйдаран, ахсынньы 2 күнүгэр киэһэ 07:00 чаастан «Аан-Аартык» култуура киинин иһинэн үлэлиир «КӨМҮС ДОРҔООН» вокальнай бөлөх куруһуога тэриллибитэ 10 сылыгар аналлаах ырыа дьоро киэһэтигэр ыҥырабыт!
Киирии билиэт: улахан дьоҥҥо — 150 солк., оҕолорго — 100 солк.🎶🎶🎶🎤🎤🎤👏👏👏
Кэлиҥ, сылдьыҥ, дуоһуйа сынньаныҥ!
Комментарий читателей статьи "«Көмүс дорҕоон» вокальнай бөлөх куруһуога тэриллибитэ 10 сылыгар аналлаах ырыа дьоро киэһэтигэр ыҥырабыт!"