Муус устар 19 күнүгэр Хаҥалас улууһун инбэлиттэрин обществота — Өктөмтөн, Төхтүртэн ,Уулаах -Аантан, Мохсоголлоохтон , Покровскайтан, Булгунньахтаахтан, кэрэ айылҕалаах Бөртө сиригэр, кэлэн ыалдьыттаан бардылар.
- 22/04/2024
- 37
- нет
Архипова Ульяна Николаевна салайааччылаах «Мир без границ» түмсүү, Улахан Ааҥҥа киириигэ турар «Дьөһөгөй» стелаҕа, саламааттаах алаадьынан ыалдьыттарбытын көрүстүбүт. Онтон таастаах кытылбыт үрдүгэр илдьэтэлээн нэһилиэкпит историятын, М.Е.Васильева аатынан 2Малдьаҕар орто оскуолатын социальнай педагога,общественнай салайааччы Максимова Парасковья Ионовна кэпсээн сырдатта. Ол кэннэ «Дьөһөгөй оҕото»,Александр Самсонов -Айыы Уолун музейдарыгар сырыттыбыт. С.А.Григорьев аатынан«Аан Аартык» култуура киинигэр тиийэн олохтоох модельнай бибилэтиэкэ бибилэтиэкэрэ Трифонова Альбина Валерьевна бэлэмнээбит«Өркөн өй» өй күрэһигэр күрэхтэстибит,онтон итии чэй иһэн,ыллаан- туойан,үҥкүүлээн,астына- дуоһуйа кэпсэтэн, сүргэбит көтөҕүллэн дьиэбитигэр тарҕастыбыт. Махтанабыт ылбаҕай ырыаларын бэлэх ууммут нэһилиэкпит киэн туттар ырыаһыттарыгар Зоя Тимофееваҕа,Саргылана Соломоноваҕа.
Комментарий читателей статьи "Муус устар 19 күнүгэр Хаҥалас улууһун инбэлиттэрин обществота — Өктөмтөн, Төхтүртэн ,Уулаах -Аантан, Мохсоголлоохтон , Покровскайтан, Булгунньахтаахтан, кэрэ айылҕалаах Бөртө сиригэр, кэлэн ыалдьыттаан бардылар."