Россия Ийэлэрин күнүгэр «Ийэҕэ махтал» хоһоон айыытыгар куйаар ситимин нөҥүө күрэх кыттыылааҕа Владилена Геннадьевна Охлопкова.
- 27/11/2022
- 221
- 2
Санаа күүһэ
Күүстээх санаа ийэбэр Аанньаллара укпуттар, Орто дойдуга ыытарга Дьолу эрэ бил - диэннэр, Сибигинэйэн эппиттэр. Кыра, сытыы кыыс оҕо Алаас устун сүүрэрэ, Атахтарын таарыйбакка Көтөн иһэр курдуга. Кини онно билэрэ Кистэлэҥ, атын санааннан Олох устун, бу курдук, Чэпчэкитик салгынынан, Чараас эйгэ тыынынан, Аанньалларын кынаттара Өрө тута сылдьыахтара. Кыысчаан улаатан испитэ, Үөрэх-билии үгэнигэр "Оройунан" түспүтэ, Онтон, эдэр саас кэмнэригэр Холоруктуу, ытыллан Соторуннан ойох буолан, оҕолонон, Ийэ аатын сукпутэ. Барахсаным, эдэр ийэ Ыар аһыыны билээхтиирин, уол оҕото суох буоларын, Тымтыктанан, ким көрүөй? Ичээннэнэн, ким билиэй? Эдэр дьахтар булгуҥҥа Ырааҕы көрөн турара, Таһыгар алталаах кыыс оҕо Тохтообокко чоргуйара, Дьахтар ону истибэт, Санаа-оноо сүрэҕэр "Иччилэнэн" хаалбытын Харахтара кэпсииллэр. Тоҕо маннык буолланый? Кини бүгүн тапталын, Дурда-хахха киһитин Ыраах суолга атаарда, Аҕыйах хараҕын ууларын Былаатынан соттон баран, Быраһаай, сүрэҕим аҥара, Онно тиийэн уолчааҥҥын Кыра, таптыыр чыычааххын, Булан бииргэ буолаарын Быдаҥ дьылга утуй дуу... Диэн баран, төбөтүттэн Оргууй сыллаан ылбыта. Дьэ, ол кэннэ кыыһынаан Бу дойдуга иккиэйэҕин, Олох очуругар охсуллан, Олорон киирэн барбыта. Кыыһа ийэ тапталынан Тулаайаҕын билбэтэҕэ, Мааныланан, күндүлэнэн Кунэ, ыйа буолбута. Оҕотун утута олорон Хайдах эрэ, күлүм гынна, Ыраах-ыраах санаатыгар, "Дьоллоох буолаар" - диэн тыллары, Истибитин өйдөөтө. Оо, онно айманнаҕыан, Ханна баарый, ол дьолгут? Баарбын-суохпун, кэскилбин, Ону кытта тапталбын, Былдьаан ылан бараҥҥыт Үөһээ, эһиэхэ биһиккэ, Сытан истибит тылларбын, Санатаххыт буолуохтун, Эчи сүрүн, киэр барыҥ!... Кэбис, тоойуом саҥарба, Инник диэбэт баҕайы, Саҥа күүһү эйиэхэ, Утары ууна кэллибит, Мантан кэннэ олоххор Кэрэхсэбиллээх кэрэни, Баҕарбытын туолуутун, Кэскиллэрин элбиирин Түстээтэхпит буолуохтун. Көмүһүн этэҥҥэ улаатыа, Үс оҕону төрүтүө, Аҕатыгар майгыннатан Бэргэн бэрдэ уол оҕоҕо Кэргэн тахсыа, дьолун булуо, Үлэ-хамнас, дьиэ-уот, Тула дьоҥҥо сөбүлэтиэ, Онно барытыгар эн аатын, Эн кыайыын-хотуун, Эр санааҥ, Улахан өҥөнү оноруо Ытыс үрдүгэр түһэриэ. Бостуой, барыта биир кэлим, Көнө буолар кыаҕа суох, Кыратык тургутуу ааһыаҕын, Ыалдьан, сытан ылыаҕын, Күүстээх санаа кыайыаҕа, Ыарахан ыарыыны кыйдыаҕа. Итинник тыллаах аанньаллар, Үс өттүттэн төгүрүйэн, Имэрийэ тураннар Уйулҕатын ыраастааннар Санаа күүһүн укпуттар. Ийэ киһи барахсан, Ону истэн уоскуйан, Кэҥээн, тэнийэн кыаҕыран, Бэйэтин оҕолуу санааннан Биһигэр сытардыы бигэнэн Утуйан хаалбытын билбэтэ. Таһырдьа сырдыахча буолуута Кыыс оҕо ийэлиин куустуһан Минньигэс, түүлгэ уйдаран, Үөрбүттүү туттаннар, Утуйа сыталлар.... Аанньаллар, ол онтон манньыйан Сыалларын ситиһэн, астынан, Төттөрү көттүлэр үрдүккэ Биллибэт, кый ыраах, сырдыкка ... Киниэхэ ыллыга кэҥиирин, Мэһэйи, кыахтаахтык туоруурун, Санаата билигин күүстээҕин Охтубат, самныбат буолбутун, Таайара, билэрэ сүрэҕэ.❤️❤️❤️❤️❤️
В. Кынат
Владилена Охлопкова
Наьаа иьирэх хоьоон
Владилена ийэгэр анаан суруйбут хоьооннун аахтым астынным инникигэ эрэллээх хоьоон