Төрөөбүт тыл уонна сурук- бичик күнүгэр
- 13/02/2020
- 146
- нет
Күндү биир дойдулаахтарбытын, Ийэ тылы таптааччылары???, саха тылын сэҥээрээччилэри? олунньу 1⃣3⃣ күнүгэр киэһээ 5⃣ чаастан «Аан — Аартык» сынньалан киинигэр Төрөөбүт тыл уонна сурук- бичик күнүгэр аналлаах сахалыы дьыктаан суруйуутугар (суруйар тэриллээх)?✏????????♂????барыгытын ыҥырабыт!
Дьыктаан, хоһоон күрэҕин кыайыылаахтарын наҕараадалааһын???
Мин күүстээхпин Ийэ тылбынан!
Аалы көтөҕөр алгыспынан,
Өбүгэлэртэн силис тардынан
Тыыннаах кэлбит үгэспинэн!
Төрөөбүт сахабыт тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, бастакы лингвист С.А. Новгородов төрөөбүт күнүгэр түбэһиннэрэн, бүгүн олунньу 13 күнэ, сурук-бичик күнүн Аан -Аартык сынньалан киинигэр бэлиэтээтибит. Манна АанАартык культура киинин иһинэн үлэлиир «Айар куттар» түмсүү ыалдьыттаатылар. Төрөөбүт Ийэ тылбыт үйэлээх буоларын туһугар кинилэр сыраларын уураллар-үлэлииллэр, төрөөбүт төрүт ийэ тылы өрө тута, сайыннара, үйэтитэ, тарҕата тураллар. Сурук-бичик күнүнэн дьыктаан суруйуута буолла уонна викторина буолан ааста. Аһаҕас хоһоон күрэҕэр кыайыылаах Н.С.Григорьева буолла иккис миэстэ Т.П.Федорова, үһүс миэстэ З.А. Кононова кыайыылаах таҕыстылар.Түмүгэр оһуохайынан түмүктээтибит. Нэһилиэкпит дьоно кэлэн төрөөбүт тылбыт, сурук- бичик күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит уонна махтал тылларбытын тиэрдэбит!
Комментарий читателей статьи "Төрөөбүт тыл уонна сурук- бичик күнүгэр"