«Золотой Шлягер-2019»
- 01/12/2019
- 142
- нет
Сэтинньи 30 күнүгэр Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыгар «Саргы түһүлгэтэ» сынньалан киинигэр «Золотой Шлягер-2019» урукку ырыаларга аһаҕас республиканскай ырыа күрэҕэ буолан ааста. Кыттааччылар элбэхтэр. Гран При хаһаайынан буоллулар Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгиттэн «Максим уолаттара». Биһиги нэһилиэктэр «Көмүс дорҕоон» вокальнай ансамбль Соломонова Марина Григорьевна салайааччылаах- Аскалон Павлов»Түүл» ырыатынан уонна «Птица счастья» ырыаны толордубут. Дьүүллүүр сүбэ репертуары сөптөөхтүк талбыккыт диэн сыаналаата. «Көмүс дорҕоон» диэн ааппыт да этэринэн, көмүс дорҕооннору таһааран, көрөөччү биһирэбилин ытыс тыаһынан ылан сүрдээҕин үөрэн- көтөн туран 3 ст дипломант буоллубут.
Комментарий читателей статьи "«Золотой Шлягер-2019»"