«Бары бииргэ- биир дьиэ кэргэн»
- 06/12/2023
- 77
- нет
Ил Дархан Айсен Николаев бу сыл ахсынньы 3 күнүн Саха сиригэр национальнай культура күнүнэн биллэрбитэ. Ол чэрчитинэн түөлбэлэр икки ардыларыгар » Бары бииргэ- биир дьиэ кэргэн» диэн саха сиригэр олорор норуоттар астарыгар көрүү-күрэх ыыттыбыт.
Бастатан туран Саха култууратын туһунан , М.Е.Васильева аатынан 2 Малдьаҕар орто оскуолатын национальнай культура учуутала С.А.Григорьева, иһитиннэрии оҥордо.
Күрэххэ 3 түөлбэ кытынна,астаан аҕалбыт астарын сырдатан кэпсээтилэр.
Түмүккэ «Саһарҕа» түөлбэ- салайааччы Захарова М.Н китай кухнятын аһыгар 1 миэстэ бурлла;
«Дьулуур» түөлбэ, таджик кухнятын аһыгар 2 миэстэ таҕыста -түөлбэ салайааччыта Афанасьева М.А; кыргыз кухнятын аһын астаан 3 миэстэ «Көмүөл» түөлбэ буолла. Түөлбэ салайааччыта Макарова М.В
Кыттыыны ылбыт түөлбэлэрбитигэр барҕа махтал. Ону таһынан түөлбэлэр ыккардыларыгар хабылык-хаамыска күрэҕэ буолан ааста.
Комментарий читателей статьи "«Бары бииргэ- биир дьиэ кэргэн»"