Режим работы:
  • Пн-Вт: с 09:00 до 17:00
  • Сб: с 10:00 до 17:00
  • Воскресенье Выходной

Муниципальное учреждение культуры

Центр культуры «Аан-Аартык»

им.С.А.Григорьева

Меню навигации

Оцените нашу работу

Сканируйте QR-код или пройдите по ссылке

https://bus.gov.ru/info-card/252139

Нэьилиэк тыа хаьаайыстыбатын кунун бэлиэтээтибит

Бу сыл сэтинньи 30 кунугэр Улахан Аанна «Аан-Аартык» култуура киинигэр нэьилиэк тыа хаьаайыстыбатын кунун бэлиэтээтибит. Бу кун бэйэлэрин онорон таьаарар минньигэс бородууксуйаларынан «Берте» сылгы собуота, Павлов М.В. бааьынай хаьаайыстыбата, чааьынай урбаанньыт Степанов С.И. уонна биирдиилээн дьон Пудова З.А., Лукина Т.Т. быыстапка-дьаарбанка5а кытыннылар.

Маны тэнэ нэьилиэк дьаьалтата, «Берте» сылгы собуота тыа хаьаайыстыбатын теьуу улэьиттэригэр Бочуотунай грамота уонна Махтал сурук, бэлэх туттардылар. Олохтоох дьаьалта баьылыгын солбуйаачы Аммосов Г.Г. 2017с. тыа хаьаайыстыбатын окко, эккэ, ууккэ былааннарын иьитиннэрдэ.

Онтон Куоьа5ас, Уу-Кехсе, Мондурах, Хаастаах сайылыктар, 2-с Малдьа5ар агроосуколата кыттыылаах «Биэс бэьиэлэй кыргыттар» керуу-курэх бэрт тэрээьиннээхтик, ере кууруулээхтик буолан ааста. Бу курэ5и 6 киьилээх дууллуур субэ сыаналаата, председатель нэьилиэк тыа хаьаайыстыбатыгар специалиьэ А.П. Карпова. Хамаандалар алта туьумэххэ куен керустулэр. «Сайылык ахтыл5аена» туьумэххэ кыттааччылар сайылыктарын сырдаттылар, презентация кердердулэр, улэлэрин туьунан кэпсээтилэр. Иккис туьумэххэ алаас минньигэс соботун, эт, уут ас арааьын астаан а5алан кемускээтилэр. Манна Павлов М.В. хаьаайыстыбатын улэьиттэрин сандалы остуола тэннээ5ин булбата. Усуьунэн, мунуутэ5э доильнай аппараты ыьыы-хомуйуу курэ5э буолла. Кыттааччылар тыа хаьаайыстыбатын улэьиттэрэ буолан, бу туьумэх олус тынааьыннаахтык ааста. Бары да5аны мунуутэлэрэ кыранан араастаах. Манна Павлов М.В. тургэн туттуулаах улэьитэ 1.22 секуундэ5э хомуйан кыайыылаах та5ыста. «Тургэн хойуу куорчэх» туьумэххэ хамаандаттан биирдии киьи сыана5а тахсан, мунуутэ5э куерчэх ытыйдылар. Дьууллуур субэ саамай хойуу куерчэхтээ5инэн Мондурах алаастан Пудова Т.Е. ааттаата. «Талаан» туьумэххэ бары да5аны тыа хаьаайыстыбатын бастын улэьиттэрэ ча5ылхай талааннаахтарын биллибит. Манна ылба5ай ырыа да ылланна, нарын ункуу да ункуулэннэ, хомо5ой хоьоон да аа5ылынна. Саамай бутэьик «Охсуллубут от сыта» туьумэххэ авангард муода кердердулэр. Манна кыттааччылар киэьээнни былааччыйаны отунан оностон. Киэргэтэн дьон дьуулугэр таьаардылар. Кыттааччылар бары да5аны фантазиялара мунура суох эбит. Керееччулэр дохсун ытыс тыаьынан сыаналаатылар.

Курэх тумугунэн хамаандалар бары анал аакка тигистилэр. Ол курдук, «Минньигэс астаах сайылык» — Хаастаах (салайааччы Павлов М.В.), «Талааннаах сайылык» — агрооскуола (директор Сысоев Г.Г.), «Кэрэ кестуулээх сайылык» — Уу-Кехсе, «Тургэн туттуулаах сайылык» — Куоьа5ас, «Хойуу куерчэх» — Мондурах сайылыктар буоллулар. Керуу-курэх уопсай тумугунэн «Биэс бэьиэлэй кыргыттар» ааты Павлов М.В. салайааччылаах Хаастаах сайылык улэьиттэрэ ыллылар.

Комментарий читателей статьи "Нэьилиэк тыа хаьаайыстыбатын кунун бэлиэтээтибит"

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *